МБДОУ «Детский сад № 1 «Мичийээнэ» с. Кысыл – Сыр Намского улуса»
ЗАВЕРЯЮ:
Ст. воспитатель ___________ Гоголева М. П.
от «____» __________________ 2023г.
«Баай Байанай»
бэлэмнэнии бөлөх
оҕолоругар аналлаах
оонньуу – курэх
сценаарыйа.
Иитээччилэр: Сысолятина В. А.
Филиппова М.И.
Кысыл-Сыр, 2023с.
Сыала: Байанай нэдиэлэлэригэр анаан ыытыллыбытүлэни түмүктээһин. Саха киһитин төрүт дьарыга булт туһунан, оҕолор билиилэрин чиҥэтии,өбүгэлэрүгэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы биилиһиннэрии. Айылҕаҕа тапталы, харыстабыллаах сыһыаны иитии.
Туттар тэриллэр: экран, проектор, ноутбук, «ойбон» - обруч, «кустар» - кегли, «хайыһар» - пластиковай бытыылкалар, остуол оонньуута «Балыксыт».
– Үтүө киэһэнэн оҕолоор! Бүгүн биһиги Баай Байанайга аналлаах нэдиэлэбитин түмүктүүр оонньуу – күрэххэ муһуннубут. Оонньуохпут, күрэхтэһиэхпит иннинэ бу нэдиэлэ устата тугу билбиппитин – көрбүппүтүн хатылыахпыт.
«Кыһын» туһунан бэсиэдэлэһии.
– Сэтинньи ый туох ыйа диэбиппитий, оҕолор?
– Саамай сөп, Сэтинньи ый – Байанай ыйа диэн ааттаналлар.
– Байанай оҕолоро диэн кимнээҕи ааттыыбытый? (Ойуур кыыллара, көтөрдөрө).
– Бу ыйга булчуттар ыраах бултуу-алтыы баралар. Күндү түүлээҕи эккирэтэллэр, эһэкээннэригэр үөмэллэр, айах туталлар. Наадыйарбын эрэ ылыам диэн андаҕар этэллэр.
– Оҕолор, айылҕаҕа сылдьан сиэрдээх буолуу быраабылаларын бары өйдүүбүт дии? Хайдах сылдьахтаахпытый?
(Тыаҕа сылдьан оту – маһы алдьатыма, чыычаах уйатын тыытыма, улаханнык айдаарыма, ууну – күөлү киртитимэ)
– Былыр-былыргыттан сахалар айылҕаны кытта алтыһанүөскээбит буоламмыт, айылҕалыын ыкса сибээстээхпит. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар, таҥыннарар. Ол иһин саха киһитэ тулалыыр эйгэтин тыынын, ис дууһатын, отун-маһын, үүнээйитин кытта мэлдьи үтүө санаанан салайтаран кэпсэтэ-ипсэтэ, көрдөһө-ааттаһа, үҥэ-сүктэ сылдьар үрдүк итэҕэллээх, киһини айылҕа аһатан, биэбэйдээн, иитэн олорор диэн саныыр. Онон саха киһитэ айылҕаны «Ийэ сир, сир ийэ» диэн минньигэстик ааттыыр, бэйэтин «айылҕа оҕотобун» диэн өйдүүр ...
«Сэтинньи ый – Баай Байанай ыйа»
презентация кордоробун.
– Оҕолор, биһиги бүгүнҮтүөкэнүгэстээх, Сээркээн сэһэннээх,өттүк харалаах Баай Байанайга аналлаах күрэххэ кыттыахпыт.
– Кыттыаххытын баҕараҕыт дуо?
Оҕолор:
– Күрэхпитин саҕалыахпыт иннинэ «Кыһыҥҥы ырыа» - диэн ырыатыбытын ыллыаххайыҥ эрэ!
Ырыа «Кыһыҥҥы ырыа».
Оҕолор бары ыллыылар
– Маладьыастар. Олус да үчүгэйдик ыллаатыгытыт. Чэ, оҕолор, күрэхпитин саҕалыахха.
Бастакы күрэхпитинэн таабырын таайсыыта буолуо. Билигин биһиги, ойуур олоҕун, бултка туттуллар тэриллэр ааттарын төһө билэрбитин билиэхпит.
– Таабырын таайбыт оҕоҕо фишка туттаран иһиэҕим. Саамай элбэх фишканы ылбыт оҕо бу күрэххэ кыайыылаах буолуоҕа. Болҕойон истэбит, хаһытаабаппыт, илиибитин уунан эппиэттиибит.
Таабырын таайсыыта:
От-мас аһылыктаах ойуоккалаан оҕонньор баар үһү (Куобах)
Тииккэ тилигирэс, харыйаҕа хачыгырас. (Тииҥ)
Сыhыыга сырбас баар үһү. (Саһыл)
Сур, сур дьүһүннээх, сүрдээх иҥсэлээх баар үһү.(Боро)
Ким бэйэтигэр тыаны илдьэ сылдьарый? (Таба)
Тайҕа сүдү хаһаайына, адаар муоһун сытыыланар, аарыма тииккэ аалынар. Хайа ким билэрий? Ханнык кыыл эбитий? (Тайах).
Хара тыа олохтооҕо саамай күүстээх буолабын, арҕахха кыстыыбын, саас аччыктаан уһуктабын?? (Эһэ).
Ууга дьиэлээх улуу тойон баар үһү. (Үрүҥ эһэ)
Эриэн сонноох эликпин, элэстэнэн кэлэммин, сэлиэһинэй туорааҕын, сэрэнэ-сэрэнэ уобабын. (Моҕотой)
Соҕуруу дойдуттан кырбас эт кыырайан кэлэрүһү. (Кус)
Тор-тор торулуур маһы тоҥсуйар баар үһү (Тоҥсоҕой)
Улахан балыктааhыҥҥа туттуллар тэрил аата? (Мунха)
Балыктааhыҥҥа киhи сыратын ылбат, бириэмэтин сиэбэт ханнык тэрил туттулларый? (Туу)
Баһаам элбэх аанынан ким да тахсыбат үһү (Илим)
Бииргэ мииниллэр икки ат баар үһү (Хайыһар)
Куhу былыргы сахалар тугунан бултуулларай? (Ох саа, айа)
Булчут саhыл, бөрө сылдьар суолугар тугу уурарый? (Хапкаан)
– Салгыы слайдаҕа баар хартыыналарга сөпкө эппиэттиибит.
– Тыый, таабырыннары барытын сопко таайдыгыт дии. Маладьыастар. Саамай элбэх фишканы ким ылла?
Оҕолор эппиэттэрэ:
– Чэ, оҕолор, салгыы иккис күрэхпитин саҕалыыбыт.
«Көмүс хатырыктаах».
– «Көмүс хатырыктаах» - диэн күрэхпит быраабылата боростуой. «Ойбоҥҥо» (обруч) иһиттэн эһиги иккилии буолан күөгүҥнэн балык хаптарыахтааххыт. Илиигитинэн тыппаккыт. Ити күөгу магниттаах уонна балык айаҕар эмиэ магнит баар. Күөгүннэн балык айаҕын таарыйдаххытына сыстан хаалыахтара, ону эһиги бу биэдэрэҕэ ууран иһиэхтээххит. Күөгүннэн балыгы бириэмэҕэ хаптараҕыт.1 мүнүүтэ иһигэр ким саамай элбэх балыгы хаптарбыт, эмиэ фишка ылар. Өйдөннө? Чэ, саҕалаатыбыт!
Оҕолор иккилии буолан туран «ойбонтон» күөгүлүүллэр.
– Сөп, маладьыастар! Ким саамай элбэх балыгы хаптарда?
Оҕолор эппиэттэрэ:
– Оҕолоор, «Булчут» кыраҕы харахтаах, эрчимнээх илиилээх буолар онон билигин ким саамай сытыы харахтааҕын, сымса илиилээҕин билиэхпит. Үһүс күрэхпитин аата «Булчут» диэн.
«Булчут».
– «Булчут» - диэн күрэхпит быраабылата маннык, өйдөөн истэбит. Кустары (кеглилары) туруортуубут. Эһиги мээчигинэн быраҕан кустары (кеглилары) суулларыахтааххыт. Манна эмиэ ким саамай элбэх кус (кегли) суулларбыт оҕо фишка ылар. өйдөөтүгүт?
Оҕолор эппиэттэр:
– Чэ, саҕалаатыбыт. Бастаан эмиэ икки оҕо тахсар.
– Маладьыастар, ким саамай элбэх кус (кегли) суулларда?
Оҕолор эппиэттэрэ:
– Чэ, эрэ оҕолор салгыы истэбит. Ханнык баҕарар булчут бэйэлэрэ миинэр көлөлөөх уонна кыһыҥҥы тоҥнуу хаарга атахтарыгар кэтиллэр хайыһардаах буолаллар. Ол хайыһардарынан түргэнник сүүрэр, сырылыыр буолуохтаахтар. Онон билигин ким сымса, түргэн атахтааҕын билиэхпит. Салгыы төрдүс күрэхпит «Хайыһарынан хаамтарыы» диэн буолар.
«Хайыһарынан хаамтарыы»
– «Хайыһарынан хаамтарыы» - күрэхпит быраабылата маннык, эмиэ болҕойон истэбит. 2 хамаандаҕа арахсабыт, бастаан иннигэр турар 2 оҕо барар. Аттыгытыгар «хайыһьардар» (пластиковай бытыылка) сыталлар. Хамаанда биэрдэхпинэ, хайыһары кэтэ охсоҕут, ол турар бэлиэни сүүрэн тиийэн эргийэн кэлэҕит. Хайыһаргытын уста охсон табаарыскытыгар биэрэҕит. Бүтэһик оҕолор сүүрэн кэлиэхтэригэр дылы. Бастаабыт хамандаҕа эмиэ фишка биэрэбит. Өйдөөтүгүт дуо, оҕолоор?
Оҕолор эппиэттэр:
– Оччоҕо бэлэмнэниҥ, күрэхпит саҕаланар.
Оҕолор икки хамаандаҕа арахсан к;рэхтэһэллэр.
– Маладьыастар! Кимнээх хамаандалара кыайда?
Оҕолор эппиэттэрэ:
– Оҕолор билигин хамсаныылаах оонньуу оонньуубут дуо?
Оҕолор эппиэттэрэ:
– Оонньуубут аата «Куобахтар уонна бөрө».
Х/Оо «Куобахтар уонна бөрө».
– Оонньуубут быраабылатын истэбит. Биир оҕо бөрө буолар, атыттар бары куобахтар буолаҕыт. Ойуурга куобахтар оонньуу сырыттахтарына бөрө хороонуттан тахсан кэлэн куобахтары эккирэтэр. Тутан ылбыт куобаҕ5ын хороонугар илдьэ барар. Өйдөөтүгүт? Чэ, оонньуубутун саҕалыаҕыҥ!
4 – 5 оонньуубут.
Түмүк.
– Оҕолоор,биһиги аар тайҕабытын, тулалыыр айылҕабытын мэлдьи харыстыаҕыҥ! Оччоҕо эрэ көтөр-суурэрүксү туруо, Баай Байанайбыт араас булдунан күндүлүү туруо!
– Манан биһиги бүгүҥҥү Баай Байанайга аналлаах оонньуу – күрэхпит түмүктэнэр. Саамай элбэх фишканы ким ылла? Үстэн элбэх фишкалаах оҕолорго Баай Байанай хартыскатын бэлэх уунабыт. Эһиил улаатан өссө элбэҕи билэн Баай Байанай күрэҕэр кыттаарыҥ.
Оҕолорго Баай Байанай хаартыскатын түҥэтэбит.